Wayground logo

Free Printable Worksheets

Font size

S
M
L
XL
Worksheets

6 кылаас 3 чиэппэр литература

Total questions: 10

Worksheet time: 5mins

Name
Class
Date
1.

Айылҕа тиэмэтигэр суруллубут айымньыларга сыыһа киирбит ханныгый?

a)

Олох

b)

Махтанабын хоту кыраай

c)

Мимоза

d)

Икки суол төрдүгэр

2.

Д.К.Сивцев "Чүөчээски" айымньытын жанра?

a)

Поэма

b)

Кэпсээн

c)

Остуоруйа

d)

Драма

3.

Д.К.Сивцев "Чүөчээски" айымньытыгар уол ийэтигэр суругун хайдах тиэрдэрий?

a)

Ынах муоһугар баайан

b)

Ытынан ыытар

c)

Балтынан ыытар

d)

Почтанан

4.

Чүөчээскини Түүлээх Уллуҥах ыппытыгар, тоҕо өлбөтөҕөй?

a)

Сүгэһэригэр кинигэлээх этэ, буулдьа онтон иҥнибит

b)

Сыыһа ытан кэбиспит

c)

Саатыгар буулдьата суох эбит

d)

Түүлээх Уллуҥах ыппатаҕа

5.

С.И.Винокуров "Икки суол төрдүгэр" сэһэнин сүрүн дьоруойун аата?

a)

Айаал

b)

Байбал

c)

Айдаар

d)

Аата биллибэт

6.

С.И.Винокуров "Икки суол төрдүгэр" айымньытыгар уол тоҕо дьиэтиттэн барбытай?

a)

Соҕуруу куоракка үөрэххэ киирээри

b)

Аҕата арыгылыы-арыгылыы киэптиириттэн

c)

Ийэтэ мөхпүтүттэн

d)

Оҕолор таҥастарын уорбут диэбиттэриттэн өһүргэнэн.

7.

Чүөчээски ийэтэ уурбут аһын хайдах тоһуурга түбэспэккэ ылбытай?

a)

Ытын көмөтүнэн

b)

Хараҥа буолбутугар

c)

Кыайан ылбатаҕа

d)

Быалаан баран тардан

8.

"Чүөчээски" кэпсээҥҥэ саха дьонун ханнык үтүө үгэһэ ойууламмытый?

a)

Бултан дьоҥҥо бэрсии

b)

Айылҕаны аһатыы

c)

Үүтээҥҥэ ас, мас, испиискэ бэлэмнээн хаалларыы

d)

Ыалдьытымсах буолуу

9.

И.С.Винокуров "Икки суол төрдүгэр" диэн айымньытыгар оҕо бииргэ үөрэнэр уолун тоҕо охсуолаабытай?

a)

Көннөрү дьээбэлээн

b)

Кинини үөхпүтүн, хатыйбытын, тэппитин иһин

c)

Бастаан охсубутун иһин

d)

Охсубатаҕа

10.

Ойуунускай "Татыйык ыллыыра" хоһоонугар кимиэхэ тапталын ойуулаабытый?

a)

Төрөөбүт дойдутугар

b)

Ийэтигэр

c)

Ырыаһыкка

d)

Оҕотугар